Чурапчы нэһилиэгин олохтоохторун истиилэригэр!



Ахсынньы ый 1 күнүттэн, Чурапчы нэһилиэгин иһинэн сүүрэр маршрутнай автобустар элбэх оҕолоох ыал оҕолорун босхо тиэйэллэрин иһитиннэрэбит!

Ол курдук, оҕолор ыйга 96-та уопсастыбаннай тырааныспарынан туһаныахтарын сөп.
🪪🪪🪪Босхо бырайыаһынан туһаныы өҥөтө АЭБ оскуола тырааныспарын каартатын базатыгар олоҕуран олоххо киирэр.

Элбэх оҕолоох ыал оҕолорун босхо айанынан хааччыйыы Ил Дархан «О дополнительных мерах социальной поддержки многодетных семей в Республике Саха (Якутия)» ыйааҕар олоҕуран оҥоһуллар.
«Чурапчы нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата.