
«Олох үөһүгэр»: Быраастар мобильнай биригээдэлэрэ (23.04.24)
2023 сылга Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан, мобильнай биригээдэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииннэрэ тэриллибитэ.
Уһук, ыраах сытар нэһилиэктэр олохтоохторугар тиийэн, анал идэлээх быраастар, хирурдар, орто мэдиссиинэ исписэлиистэрэ кинилэри көрөллөр-истэллэр, эмтииллэр.
Улуустар кииннэригэр баран кыра эпэрээссийэни, ону тэҥэ травматологтар сүһүөх тахсыытыгар, уҥуох тостуутугар суһал көмөнү оҥороллор.
Быраастар ыарыыны кэмигэр булан, санавиациянан ыытар түгэннэрэ эмиэ баар буолар.
Санатан эттэххэ, маннык үтүө хамсааһын Арктика улуустарыгар олорор дьон-сэргэ доруобуйатын көрөр-истэр, тупсарар, нэһилиэнньэ үйэтин уһатар сыаллаах-соруктаах.
Бигэргэммит былаан быһыытынан үлэ тохтоло суох барар. Ыраах хоту олорор дьоҥҥо мобильнай биригээдэлэр үлэлиир буолбуттара абыраллааҕа саарбаҕа суох.

Биэриини НВК «Саха» YouTube ханаалыгар көрүҥ. (
https://clck.ru/3AGFFS)
@nvk_sakhaздраво