Бу күннэргэ Чурапчыбытыгар Киинэ күннэрэ буола тураллар. Бүгүн Киинэ тула төгүрүк остуол ыытылынна
13:47 01.04.2026 16+
Бу күннэргэ Чурапчыбытыгар Киинэ күннэрэ буола тураллар. Бүгүн Киинэ тула төгүрүк остуол ыытылынна.
Манна киинэ эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьар Алексей Егоров-Өркөн, Сандал Баишев, Алексей Михайлов, Валентина Романова-Чыскыырай, о.д.а биир дойдулаахтарбыт, ытыктабыллаах бэтэрээннэрбит кыттыыны ыллылар.
Чурапчыбытыгар киинэ устуудьуйатын тэрийии, оҕолору киинэҕэ сыһыарыы, “Айыллаан” киинэ тыйаатырыгар саҥа экраны туруорсуу, үйэтитиигэ үлэлэһии курдук этиилэр киирдилэр. Баһылык Степан Анатольевич Чурапчы баай историятыттан киинэни устууга бырайыакта оҥорон үлэлэһиэҕиҥ диэн эттэ.
Киинэ эйгэтигэр үлэлии сылдьар биир дойдулаахтарбыт, бэтэрээннэрбит бу этиллибит хайысхаларга хайаан да үлэлэһиэхпит, биһиги баарбыт, көмө-тирэх буолабыт диэтилэр. Саха киинэтэ –инникилээх!