Бүгүн, 27
11:29 27.02.2026 16+
Бүгүн, 27.02.2026 Чурапчы нэһилиэгин урбаанньыттарын кытары, көрсөн Тупсаҕай эйгэ сылын ыытыытын тула кэпсэттибит. "Үрдэл" магазин ИП Ефремов А.А., "КлиматПро", "Детский мир" магазин Пестерев В.Н., "АарТут" ХЭТ Посельский И. И., "Даймонд мебель" мебельнай цех ИП Степанов Д. Р., "Чурапча принт" полиграфия ИП Чепалов Ю.Ю., "Тутум" тутуу маҕаһыына ИП Гермогенов А. А. кыттыыны ыллылар. Чурапчыбыт нэһилиэгэ хас биирдии олохтооххо табыгастаах, тупсаҕай буоларыгар этиилэрбитин үллэһиннибит. Биир сүрүн боппуруоһунан Чурапчы дизайн кодун олоххо киллэрии буолла. Тиһэҕэр өссө атыы эргиэн, оҥорон таһаарыы эйгэтин кытары үлэлииргэ, олохтоох дьаһалта хамсааһынын өйүүргэ уонна тэҥҥэ араас бырайыактары олоххо киллэрэргэ урбаанньыттарбыт бэлэмнэрин биллэрдилэр. Бэрт хамнааһын буолан эрэр, үтүө түмүктэрдээх буоллун!
27.02.2026 с.
«Чурапчы нэһилиэгэ» ТСТ дьаһалтата.